Таайыллыбат дьикти күүс
Суор халаахтыы көтөрө
Күн күөрэйэ ойон тахсан эрдэҕинэ, сыдьаайар сарсыардааІҥы саһарҕалар өрүскэ сөтүөлүүр кэмнэригэр, илин халлаантан суордар көтөн кэлэннэр, биир сиргэ долгуннуун охсуһардыы, суптурута түстүлэр… Тугу да гыналлара биллибэт – чуумпуга, долгуҥҥа, өрүскэ? Ким да билбэт бу көстүүнү. Арай биэрэк устун хааман иһэр кыра, хатыҥыр, хара таҥастаах дьахтар, бу түгэни мүччү тутумаары, хардыыта кэҥээн, ыксаабыт курдук чэпчэки-чэпчэкитик сиэлэн, дэриэбинэ диэки барда. «Ээ, баар эбиккин дии, буллум», – үрдүк халлааҥҥа, суордарыгар, түҥ былыргылыын ситимниир ытык эбэтин сырдык тыыныгар махтанна уонна сүппүттэрэ ый буолбут оҕолору кэпсии, ыалын диэки тиэтэйэ-саарайа хаамта.
Аныгы үйэ балысхан тэтимигэр киһи барахсан күүһүрдэ даҕаны: көрөрө-истэрэ элбээтэ. Барыта сайдыы, инникигэ хардыы. Ол гынан баран саамай-саамай күүстээх – айылҕа. Кини күүһэ, кини оҥоруута улуутуон! Уруккулуун силбэһэр ураты уйулҕалаах дьон биһиги ортобутугар бааллар. Ол эмиэ айылҕабыт дьикти айыыта, кини күүһэ, кистэлэҥэ, этэргэ дылы, күн сиригэр биһиги эрэ баар буолбатахпыт. Бааллар айдарыылаахтар, баар чараас эйгэ, баар иккис олох, баар анараа дойду. Бу хааман иһэр Араҥаччы эмиэ оннук ураты киһи. Аатын курдук кини араҥаччылыыр, арчылыыр, дьоҥҥо көмөлөһөр үөһэттэн үрдүк аналлаах. Билигин дьиэтигэр баран, сэдэх хаартытын ылыа, ол хаартыта, дьэ, барытын кэпсиэ… Киниэхэ эрэ: кини эрэ билэр анараа дойду аанын. Бу Араҥаччы соро дуу, дьоло дуу? Бастаан эрэйдэнэрэ, араас тыаһы истэрэ, онтон көрөр буолан барбыта. Кийииттээн тиийбит сиригэр аан бастаан өлбүт киһи сылдьарын көрбүтэ. Онтон ыла өлбүттэр быыстарыгар сылдьар, тэҥҥэ кэпсэтэр буолбута… Бу олоххо иккис олох эйгэтэ тэбис-тэҥҥэ баарын билбитэ. Бастаан куттанар этэ, араас тыастан, саҥаттан дьаарханар, этэ тардар этэ.
Дьон… Өлбүт дьон, тыыннаах дьон – олор ортолоругар олоро үөрэммитэ. Билигин ол бастакы саҕалааһыныттан бириэмэ бөҕө ааста. Билигин сааһыланан, бэрээдэктэнэн, өлбүт дьоннуун атын эйгэҕэ кэккэлэһэ сылдьан кэпсэтэр, быһаарсар буолла.
Сылын аайы күүһүрэн иһэрин билэннэр, билбэт күүстэрэ көмөлөһөр буолбуттара. Суор буоларын билбитэ: үөһээнэн сундулуччу көтөр, уу анныгар төһө баҕарар устан киирэн, ууга түспүт дьоннуун кэпсэтэр буолбута.Билигин бу хаартытын иннигэр ууран, илэ көрсөн, бокуонньуктуун кэпсэтэр кэм кэллэ:
– Тоҕо сытаҕын итиннэ?
– Манна чуумпу, уоскулаҥ ээ…
– Дьонуҥ көрдөөн эрэй бөҕөтүн көрдүлэр дии.
– Билигин тымныы. Үлэтэ бэрт… Саас, сир-халлаан ириитэ, тахсыам. Ийэбэр этээр, ыам ыйын 20–25 күннэригэр күөлү манаатын: тахсыам бэйэм. Инньэ диэн ийэбэр тиэрдээр, билигин көрдөөбөтүннэр, – уол элбэҕи кэпсээтэ, дьонун, олоҕун туһунан.
– Сөп, саас ити күннэргэ ийэҥ күүтүө, илдьиккин барытын этиэҕим, – хаарты кэпсээн бүттэ. Чараас эйгэни Араҥаччы оргууй сапта.
Аны саамай ыарахана хаалла – уол ийэтигэр тиэрдии. Ийэ барахсан, сүрэҕэ толугуруу мөхсөн, бу кыра дьахтарга итэҕэйдэ: уол ийэтин илиитигэр туттарылынна.
Араҥаччы аны билэр – ким киниэхэ итэҕэйэрин, ким итэҕэйбэтин. Билигин көрбүөччүлэр элбэхтэр, араастаан көрөллөр: ким илиитинэн, ким чүмэчинэн, ким хаартысканан, ким уруһуйунан. Оттон Араҥаччы киэнэ – хаарты. Эбэтиттэн алгыстаммыт, эбэтин сырдык тыына, сылаас тарбаҕын имэ иҥмит хаартыта… Араҥаччы диэн ааты, дьиҥинэн, эбэтэ биэрбитэ: сахалыы дьоҥҥун-сэргэҕин араҥаччылыы сырыт диэтэҕэ. Оттон кинини бары Анжеланан билэллэр: Анжелика, Анжела, Анджела, Араҥаччы. Баҕар кэлин, ситтэхпинэ-хоттохпуна, эбэм арчылаабыт алгыстаах аатын ылыныам дии саныыр.