Читать онлайн «Буолар да эбит»

Автор Иринцеева Евдокия Семеновна-Огдо

Иринцеева-Огдо Евдокия Семеновна

Буолар да эбит…

Сэһэн

Буолар да эбит…

– Ээ, дьэ… ким билэр, доҕор, хайдах-хайдах эбитэ буоллар, – «ээх» диэҕинээҕэр «эй» дииригэр чугаһаабыт, харааччы бутуллан хаалбыт эдэрчи дьахтар иэмин-дьаамын биэрбэт.

Кини туохтан эрэ, бэйэтин туһугар олус улахан суолталаахтан, саарыыра таһыттан көстөр. Арыый атын түгэн сатыылаабыта эбитэ буоллар, экчи «ээх» диир кэриҥнээх. Ол эрээри туох баар баҕатын, ыраҕа дьулуһуутун, туохтан эрэ сылтаан, санаатын күүрүүтүнэн, собус-соруйан, өйүнэн иилии кууһан, тас дьоҥҥо иһитиннэрбэттии кыһанан, хара күүһүнэн хаайбыта эмиэ сэрэйиллэр. Онон, субу маннык туруктаах олорон, өскүөрүтүн, «эй» дииригэр ордук судургу быһыылаах… Итинтиҥ эмиэ, дьиҥ иһигэр, букатын баҕарбат быһыылаах. Ол иһин үчүгэйкээн сэбэрэтигэр кыра оҕолуу муммут, эдэр кыыстыы бутуллубут, саастаах дьахтардыы саараабыт быһыыта субу көстөр…

Улуу Москуба барахсан кэнники сылларга тупсубут, баараҕадыйбыт даҕаны. Эчи, килэйэн-халайан киһи сүрүн баттыах айылаах. Хата, хардыы ахсын киһини аралдьытар астаах-үөллээх, туустаах-тумалаах, итии киллэрэ таарыйа, олорон уоскуйа түһэр сири бэркэ да толкуйдаабыттар. Оннооҕор маҕаһыыҥҥа, пуорка эргиччи эрэстэрээн диэтэҕиҥ.

Кэнники сылларга аан дойдуну аймаабыт, оҕо аймаҕы угуйбут аҕай «Макдональдстан» хаалсыан баҕарбатах аны «Му-Му»-лар, «Крошка-картошка»-лар, «Ели-пили»-ни кытта оннооҕор «Елки-палки» диэннэр эмиэ дэлэйбиттэр. Дьэ, чахчы да суһаллык аһата охсор соруктаах «комбинат быстрого приготовления» диэх курдук. Киһи да күлүөх, Татыйык Титовна оҕо эрдэҕинэ «соҕуруу ханна эрэ «Фанта» диэн дьикти утах баар үһү, лимонад буолбатах, сап-саһархай апельсинтан ыгыллыбыт сүмэһин уонна быыгынас күүгэннээх, онтуҥ киһи тылын аһытыар диэри көөнньүбүт буолар» диэн, киин сиргэ сылдьыбыт, биирдэ эмэ соһуйа амсайбыт оҕолор омуннаах кэпсээннэрин остуоруйа курдук истээччилэрэ.

Сайдыыбыт диибит да… дьиҥэр итиниэхэ туох ураты толкуйа баар үһүө, аныгы олох ирдэбилэ, кими эрэ үтүктүү, харчыны хамнатар албас биир көрүҥэ, бэтэрэнэн иэҕэтэн эттэххэ, били «Фанта»-лыы, күүгэн курдук үллүбүт кэмэ ини. Сынньатар аатыран солкуобайгын суйдаан ылыы диэн бу ээ. Мантыҥ билигин биир тылынан аныгылыы сиэр диэн быһаарыллар. Ким да онтон соһуйбат, мээнэ сөхпөт, буолуохтаах буолбутун курдук.

Онон оннук сиэрдээх сиргэ, «Шоколадница» кафеҕа, Татыйык Титовна, аргыһын ыраах айаҥҥа Америкаҕа атаараары, сөмөлүөтү күүтэ таарыйа, хойуу үүттээх чэйи сыыйбыта син балачча буолла. Кини «аргыһым» диэн арааран, соруйан ааттыыр. Тоҕото эбитэ буолла, дьиҥ искэ киирдэххэ, «аргыһа» олус да… санаа хоту, киһи эрэ иэйиэх, эрэниэх, сүрэҕинэн-быарынан ылларыах-бигэниэх киһитэ эбээт… Оттон Татыйык Титовна ол туһунан саныырыттан тоҕо эрэ куруук туттунар, хайдах эрэ бэйэтиттэн бэйэтэ көҥүүргэ дылы.

Кинилэр икки хонуктааҕыта Дьокуускайтан көтөн кэлбиттэрэ. Тиэтэл үлүгэринэн тиһэх докумуоннарын ситиһэн, итэҕэс-быһаҕас кэһиини, кыра үлэҕи-сакааһы ситэринэн баран, киһи оҕолоругар Америкалаан эрэр. Оттон Татыйык икки күнү быһа суруйбут суругун дьэ бүтэрдэ быһыылаах, маҥан кэмбиэргэ халыҥ соҕус айымньытын бүк тутан уган, ыга силимнээн кэбистэ.